[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Индуизм

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Индуизм

Aum

Историята · Таҥаралара
Хайысхалара
Митологията

Дхарма · Артха
Кама · Мокша
Карма · Самсара
Йога · Бхакти · Майа
Пудьа · Индуист храм

Ведалар · Упанишадтар
Рамайана · Маhабхарата
Бхагавад Гита · Пураналар
Дхармашастра

Hindu swastika

Индуизм диэн Индия субконтиненыгар үөскээбит итэҕэл. Санскрит тылынан былыргы аата Санатана Дхарма (सनातन धर्म), "мэҥэ сиэр" диэн тылбаастанар.

Индуизм аан дойду ордук былыргы итэҕэлэ буолар, веда кэмиттэн төрүттээх. Индуизм историятыгар, атын аан дойду итэҕэллэриттэн уратыта диэн, хайа эрэ биир төрүттээччи суох. Индуизмҥа биир дьүһүннэммит итэҕэйиилэр системалара уонна бүтүн доктрина суох. Индуизм монотеизмҥа, политеизмҥа, панентеизмҥа, пантеизмҥа, монизмҥа уонна атеизмҥа олоҕурар араас итэҕэл үгэстэриттэн, философия системаларыттан уонна итэҕэйиилэриттэн турар. Бу итэҕэл тутаах илгэлэрэ дхарма, карма, самсара, мокша уонна йога.

Индуизм ытык суруйуулара икки бөлөххө арахсаллар — шрути уонна смрити. Суруйуулартан бастыҥ суолталаахтарынан уонна былыргыларынан буолаллар Ведалар уонна Упанишадтар. Атын суолталаах суруйуулар Пураналар, уонна Маhабхарата уонна Рамайана эпостар.

Индуизм итэҕэйээччилэрин ахсаанынан аан дойду үһүс итэҕэлэ, христианизм уонна ислам кэннилэриттэн. Индуизмы 1 млрд тахса киhи тутуhар, олортон 950 млн кэриҥэ Индияҕа уонна Непалга олороллор. Бу дойдуларга индуистар ахсааннара балай эмэ: Баҥладеш, Сри Ланка, Пакистан, Индонезия, Малайзия, Сингапур, Мауритиус, Фидьи, Суринам, Гайана, Тринидад уонна Тобаго, Холбоhуктаах Хоруоллук, Канада уонна АХШ.

XX үйэ иккис аҥарыгар индуизм Индия таhыгар тарҕаммыта уонна аан дойду үрдүнэн элбэх тутуһааччыламмыта. Карма, йога уонна вегетарианизм курдук санаалара киэҥник тарҕаммыттара уонна үөрүйэх буолбуттара.