[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1912

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1908 1909 1910 191119121913 1914 1915 1916
Уоннуу сыллар
1880-с 1890-с 1900-с1910-с1920-с 1930-с 1940-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1912 сыл.

  • Муус устар 8 — Арассыыйа бастакы ойуулуга (мультига) көрдөрүллүбүт: В. А. Старевич уһулбут «Прекрасная Люканида, или Война усачей с рогачами» куукула киинэтэ этэ.
  • Муус устар 10 — «Титаник» бэйэтин бастакы уонна тиһэх айаныгар Саутгемптон куораттан (Англия) аттаммыт.
  • Муус устар 14 — «Титаник» саахалламмыт.
  • Муус устар 17 — Өлүөнэ бириискэлэригэр Бодойбоҕо үҥсүү илдьэн испит оробуочайдары ытыалаабыттар. Хамнастара намыһаҕын, астара-үөллэрэ мөлтөҕүн, үлэлиир симиэнэлэрэ уһунун утаран бу иннинэ бириискэлэргэ стачка биллэрбиттэрэ, 17 чыыһыла түүнүгэр стачка кэмитиэтин чилиэннэрин Бодойбоҕо хаайбыттар, ону истэн 3 тыһыынча кэриҥэ киһи борокуратуураҕа үҥсүү суруйан куоракка тиийбиттэр. Кинилэри саллааттар көрсүбүттэр уонна ытыалаабыттар. 372 киһи бааһырбыт, онтон 170 киһитэ өлбүт. Бу алдьархай туһунан дьокутаат Александр Керенскэй Дуума түрүбүүнэтиттэн биллэрбитин кэннэ Арассыыйаҕа улахан айдаан тахсыбыта.
  • Ыам ыйын 24 (уруккуннан ыам ыйын 11) — Дьокуускай приходун оскуолатын үөрэнээччилэрэ манастыыртан Улахан уулуссанан хааман куорат таһыгар барбыттар. Хаартыскалар С-Пб РГИА архыыбыгар харалла сыталлар[1].
  • Сэтинньи 3Монголия киин куоратыгар Ургаҕа (билиҥҥитэ Улаанбаатар) Арассыыйа уонна Монголия ыккардыларыгар доҕордоһуу туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу түгэн биир сыл иннинэ Кытайтан тутулуга суоҕун биллэрбит Монголияны Арассыыйа билиммит уонна бэйэтин протекторатынан оҥостубут. Кэлин 1945 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус ыгыытынан Кытай Монголияны туспа судаарыстыбанан билиммитэ. Ол кэннэ атын дойдулар эмиэ билинэн барбыттара. 1961 сыллаахха Монголия ХНТ-га киирбитэ.
  • Алтынньы 16 — Бэрияк Алексей Алексеевич (1912—1979), поэт, прозаик уонна тылбаасчыт.
  • Алтынньы 19Александр Галич (дьиҥнээх араспаанньата Гинзбург) — нуучча бэйиэтэ, сценариһа, драматура, ырыаһыта, бырааьы көмүскээччитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ ситиһиилээх киһи (ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, эмискэ былааһы утарбыта, тиһэҕэр сойуустан бастаан Норвегияҕа көһөргө күһэллибитэ, онтон Германияҕа уонна Францияҕа олорбута. 1977 сыллаахха саахалга түбэһэн өлбүтэ, Парижка көмүллүбүтэ.
  1. (Ф.835, оп. 3, д.616, л. 1-3)