[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Модун

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Модун[1], Модэ, Модунь[2] (кыт. 冒頓單于[3], пиньинь: Mòdún Chányú; б.к.и. 234–174 сс.) – Хун илин төрүттээччитэ уонна б.к.и. 209-с сылтан 174-с сылга диэри ол ил баһылыга (шаньюй).

Модун саҕанааҕы Хун илэ

Номоххо киирбитинэн Модун Түмэн шаньюй бастакы уонна көйгө уола этэ, ол иһин Түмэн шаньюй кинини үөдьүлэргэ (юэчжи) аманаакка ыытар. Түмэн үөдьүлэргэ сэриинэн баран Модуну өлөттөрүөн баҕарбыт, ол эрээри Модун аҕатын былаанын билэн дойдутугар күрүүр. Модун хорсун быһыыта хуннары соһутар, ол иһин Түмэн уолугар 10 тыһынча боотуру бас билиннэрэр.

Онтон ылата Модун боотурдарын уһуйан саҕалыыр. Ол курдук Модун иһиирэр охтонор уонна ол ох ханна көттө да боотурдар ол диэки ытыахтаахтар диэн үөрэтэр. Бу урааҕы толорботох өлөргө ууруллар. Биирдэ Модун иһиирэр оҕун тапталлаах атын диэки ытар, ким куттанан ыппатах төбөлөрүн быспыт. Ол кэнниттэн Модун иһиирэр оҕун таптыыр ойоҕун диэки ытар, ким ыппатах төбөлөрүн быспыт. Тиһэҕэр тиийэн Модун иһиирэр оҕун аҕатын диэки ытар, биир да боотур Модун уураҕын кэспэккэ Түмэн шаньюйү өлөрөллөр. Ол курдук Модун б.к.и. 209-с сылга хуннар баһылыктара буолар[4].

Бастакы сэриилэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Модун аан маҥнай Согд олохтоохторун кытта эйэлэһэр. Ол кэмҥэ дунху диэн илиҥҥи көс биистэрэ хуннартан бастыҥ аттарын көрдүүллэр. Сорох хуннар өһүргэнэн сэриини саҕалыахха диэбиттэрин Модун "аттан сылтаан сэриини саҕалыыллар дуо?" диэн аттары биэрэн кэбиһэр, оттон сэриини саҕалыахтарын баҕарбыт дьону өлөрөргө быһаарар. Онтон дунхулар Модун тапталлаах кэргэнин көрдүүллэр, сорохтор өһүргэнэн сэриини саҕалыахха диэбиттэрин Модун "дьахтартан сылтаан сэриини саҕалыыллар дуо?" диэн кэргэнин биэрэн кэбиһэр, оттон сэриини саҕалыахтарын баҕарбыт дьону өлөрөргө быһаарар. Ол кэннэ дунхулар кумах куйаардаах сири көрдүүллэр, сорохтор бу сир туһата суох диэннэр биэрэргэ сүбэлииллэр, онуоха Модун "сир дойду тутула, өстөөххө биэрэр сатаммат" диэн сири биэриэхтэрин баҕарбыт дьону өлөрөргө быһааран баран дунхулары утары сэриини саҕалыыр уонна кыайыылаах буолар[5]. Модун дунхулары хотон баран урукку өстөөхтөрүн үөдьүлэри утары сэриинэн барар уонна олору эмиэ үлтү сынньар. Ол кэннэ Хун илэ күүһүрэн Кытайы утары сэриилэһэр кыахтанар.

Кытайы кытта сэрии

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Модун б.к.и. 201 с. Маи диэн киин куораттаах Дай сирин (代县, Шаньси, Синьчжоу улууһа) сэриилээн ылар. Хуннар бу сиртэн Кытай киин улуустарыгар сэриинэн барар суоллара аһыллан Тхайюань (Тайюань) уонна Цзяньянь куораттары төгүрүйдүүллэр. Хань Гао-цзу ыраахтааҕы сэриитин хомуйан б.к.и. 200 сыллаахха Модуну утары тахсар. Модун төттөрү чугуйан саҕалыыр, онуоха 320 тыһ. киһилээх кытай сэриитэ хуннары эккирэтэр. Гао-Цзу ыраахтааҕы талыллыбыт аттаах бухатыырдарын кытары аһары ыраах тиийэн хуннарга түбэһэн хаалар. Хуннар Байдын диэн сир таһыгар (билиҥҥи Датун) Кытай ыраахтааҕытын төгүрүйдүүллэр, ол эрээри кыайан хоппоттор, ол иһин Модун Гао-цзуну кытта эйэлэһэргэ быһаарсар[6].

Ол кэнниттэн хуннар уонна Кытай хаста да сэриилэһэллэр уонна эйэлэһэллэр.

Модун б.к.и. 174 сылга өлөр[7].

  1. Монгол хэлний их тайлбарь толь. Модун шаньюй.
  2. С. Г. Кляшторный Степные империи древней Евразии. — Филологический факультет Санкт-Петербургского гос. университета, 2005. — 382 с. — ISBN 9785846502468
  3. Hirth диэн чинчийээччи сабаҕалаабытынан былыргы кытай тылыгар 冒頓 диэн тыл бактук диэн ааҕыллар этэ уонна "боотур" диэн суолталаах этэ. Бу туһунан Г.Е. Грум-Гржимайло «Западная Монголия и Урянхайский край» диэн үлэтин иккис туомугар суруйар.
  4. Гумилев Л.Н. Хунну. Степная трилогия. – СПб.: Тайм-аут – Компасс, 1993. – С. 52.
  5. Гумилев Л.Н. Хунну. Степная трилогия. – СПб.: Тайм-аут – Компасс, 1993. – С. 53.
  6. Гумилев Л.Н. Хунну. Степная трилогия. – СПб.: Тайм-аут – Компасс, 1993. – С. 53–55.
  7. Гумилев Л.Н. Хунну. Степная трилогия. – СПб.: Тайм-аут – Компасс, 1993. – С. 68.