[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Иммануил Кант

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Иммануил Кант
Арҕаа философия
XVIII үйэ философията

Иммануил Кант
Толору аата Иммануил Кант
Төрөөбүтэ 1724 сыл муус устар
Көнинсберг, Пруссия королевствота
Өлбүтэ 12 Олунньу 1804 (сааhыгар 79)
Көнинсберг, Пруссия королевствота
Оскуолата/традицията Кантианизм, Сырдатыы бириэмэтэ
Кэрэхсиир эйгэлэрэ Эпистемология, Метафизика, Этика
Сүрүн айыылара Категориялаах императив, трансцендентальный идеализм, Сууттуур абыл, Үйэлээх эйэ
Signature

Иммануил Кант (1724 сыл муус устар 22 – 1804 сыл олунньу 12) диэн ниэмэс филосова этэ. Көнинсберг куоракка төрөөбүтэ уонна ол куоракка өлбүтэ. Философияны куорат университетыгар үөрэппитэ уонна кэнники философия профессора буолбута.

Билигин ол куорат Россия сиригэр турар Калининград диэн аата уларыйбыта.

Иммануил Кант 1724 сыл муус устар 22 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини 1732 сыллаахха Фредерик колледжыгар сылдьабр буолбута, ол колледж диреторынан Франц Альберт Шульц диэн Кант аймахтарын пастордара этэ. 1740 сыллахха Көнинсберг Альбертус университетыгар киирбитэ уонна Готтфред Лейбниц уонна кини үөрэнээччитин Кристиан Волф философиятын үөрэппитэ. 1746 сыллаахха аҕата өлөрүгэр дылы үөрэммитэ, ол кэнниттэн Көнинсбергтан барбыта. 1755 сыллахха лектор буолбута уонна 1770 сыллахха дылы үлэлээбитэ. Хоруол библиотекатын иккис библиотекрынан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн Көнинсберг университетын логика уонна метафизика декана буолбута. Кант Көнинсберг куораттан хаһан даҕаны ырааппатаҕа. 1804 сыл олунньу 12 күнүгэр "Сөп буолуо" диэн бүтэһик тыллардаах өлбүтэ.

Университет бириэмэтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Университетка үөрэҕин бүтэрэн баран философия учуутала буолуон баҕарбыта да олус ыарахан буолбута. Кини чааһынай учуутал үлэтинэн уһуннук сылдьыан сөп этэ. Көнинсберг университетын поэзия учууталын дуоһунаһын биэриэн баҕарбыттара да, аккаастаабыта. 1770 сыллаахха Көнинсберг университетын философия профессора буолбута.

Эдэр Кант физиканы интириэһиргиирэ, ол курдук халлаан эттиктэри (сулустары уонна планеталары) уонна сири. Сорох чинчийиилэри суруйбута да, метафизикаҕа быдан интириэстээх буолбута. Киһи опытын үөрэтиэн баҕарар буолбута. Дьон хайдах тугу эмит билэрин уонна ол билии туохха олоҕурарын чиничийэрэ.

Бастакы сабарҕалааһыннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Лейбниц уонна Вольф үлэлэрин сабыдыалларыттан Кант тутаах боппуруостар эппиэттэрин сабарҕалыыр буолбута. Ол кэнниттэн Шотландия философын Давид Гумы аахпыта. Кини киһи уопутун хантан ыларын чопчуйа сатаабыта уонна скептицизм диэн олус күүстээх санааны булбута, онно ханнык баһар уопуту сабарҕалатыахха сөп этэ. Кант Гуму ааҕан баран олус соһуйбута, саҥа көстүүнү биллэрбитэ. Кини догматизмтан уонна скептицизмтан атын санаа баарын көрдүүтүн саҕалаабыта.

Атын философы Жан-Жак Руссоны аахпыта. Киһи туһунан санаалара, чопчулаан мораль туһунан, киһи көҥүлүн туһунан уонна үйэлээх эйэ туһунан санаалара Канты олох күүскэ сөхпүтэ.


Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: