[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

1923 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1919 1920 1921 192219231924 1925 1926 1927
Уоннуу сыллар
1890-с 1900-с 1910-с1920-с1930-с 1940-с 1950-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1923 сыл.

  • Тохсунньу 10 — Үрүҥнэр өттүлэриттэн 250-ча киһилээх, кыһыллар өттүлэриттэн 67 киһилээх Төҥүлүтээҕи кыргыһыы буолбут. Үрүҥнэр Мэҥэ улууһун киинин Төҥүлүнү ылаары саба түспүттэр даҕаны үс чаас кэриҥэ ытыалаһыы кэнниттэн чугуйбуттар.
  • Тохсунньу 21 — ЯЦИК бастакы сиэссийэтигэр Саха АССР Совнаркомун бастакы састааба талыллыбыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, солбуйааччытынан С.Н. Донской-I, наркомнарынан: ис дьыала — С.М. Аржаков, сир — С.Н. Донской-I, атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнас — А.Л. Бахсыров, үөрэх — С.Н. Донской-II, юстиция — А.Д. Стефанюк, үп — А.А. Семенов, РКИ наркомун эб. быстах кэмҥэ толорооччу — П.Л. Киренскэй, доруобуйа харыстабылын управлениетын сэбиэдиссэйэ — И.Н. Скрябин уо.д.а.
  • Тохсунньу 21 — Саха сиринээҕи Ситэриилээх Киин кэмитиэт (ЯЦИК) бастакы сиэссийэтигэр Бэрэстээтэлинэн Былатыан Ойуунускайы талбыттар.
  • Тохсунньу 31 — Совнарком уурааҕынан Совнарком бөрөсүүдьүмэ анаммыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, чилиэннэр — А.Д. Стефанюк уонна А.А. Семенов.
  • Олунньу 2 — Полковник Рейнгард баһылыктаах пепеляевецтар офицерскай батальоннара соһуччу саба түһэн Амма солобуодатын ылбыт. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 20 киһи өлбүт, 32 киһи бааһырбыт, кыһыллартан 3 киһи өлбүт, 49 киһи билиэҥҥэ түбэспит. Бу буолуон 4 күн иннинэ Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амматтан Уус-Майа диэки үрүҥнэргэ утары айаннаабыт эбит.


  • Кулун тутар 16 — Кыһыллар генерал Ракитин үрүҥ этэрээтин тобоҕун кытары кылгас хапсыһыы кэнниттэн Мүрү сэлиэнньэтин (билиҥҥитэ Бороҕону) ылбыттар.


  • Бэс ыйын 6 — Соловки арыыга хаайыы лааҕыр аһыллыбыт. Саха сиригэр гражданскай сэрии үрүҥнэр өттүлэригэр кыттыылаахтарын бу лааҕырга ыыталлара.
  • Бэс ыйын 7Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүт. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.


  • Балаҕан ыйын 19 — ЯЦИК иһинэн Физкультура сэбиэтин тэрийэр туһунан ЯЦИК бөрөсүүдьүмүн уурааҕа тахсыбыт.
  • Балаҕан ыйын 30Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха АССР павильона аһыллыбыт. Тэрийээччи В.В. Никифоров-Күлүмнүүр тыл эппит. Онно 40-ча экспонаат кыттыбыт. Онтон сороҕо эһиилигэр Рим куоракка буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа ыытыллыбыт.
  • Сэтинньи 8Германияҕа Мюнхен куоратыгар Пиибэ путча буолбут. Адольф Гитлер бэйэтин куомуннаахтарын кытары судаарыстыбаннай переворот оҥоро сатаабыта кыаллыбытах. Гитлер судаарыстыбаны таҥнарыыга буруйданан 5 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут, ол эрээри 9 ый ааспытын кэннэ босхоломмут. Бу путч кинини Германия үрдүнэн аатырдыбыта.
  • Сэтинньи 15"Кыым" хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт.
  • Ахсынньы 1015 — II Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэрэ буолбут. Отчуоттуур дакылааты Совнарком бэрэстээтэлэ И.Н. Барахов оҥорбут. Сийиэс бырабыыталыстыба үлэтин өйөөбүт, сэбиэскэй былааһы салгыы бөҕөргөтөр, оройуоннааһыны түргэтэтэр, нэһилиэнньэ уопсай култууратын үрдэтэр уонна төрөөбүт тылынан ааҕыыны-суруйууну сайыннарар туһунан сорук туруорбут.
  • Алтынньы 6 — Яшар Кемаль — курд омуктан төрүттээх Турция реалист-прозаига, бэйиэтэ уонна быраабы көмүскээччитэ. Элбэх төгүл литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтигэр хандьытаат буолбутунан, ону кытта, тутулуга суох Курдистаны олохтооһун уонна Турцияҕа гражданскай уопсастыбаны тэрийээһин актыыбынай кыттыылааҕа буоларынан биллибит.
  • Ахсынньы 5Копырин Николай Захарович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата, литератураны ырытааччы. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
  • Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.