[go: up one dir, main page]

Иһинээҕитигэр көс

Саҥа чааһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Саҥа ирээтэ көстө)

Саҥа чааһа эбэтэр саҥа сороҕо — тыл төрүт суолтатынан, хайдах уларыйарынан, этиигэ туттулларынан атын тылтан уратылаах буолар. Итиннэ олоҕуран тыллары тус-туспа бөлөххө араараллар. Ону саҥа чааһа диэн ааттанар. Холобур, предмети бэлиэтиир саҥа чааһа аат тыл буолар, оттон хайааһыны туохтуур көрдөрөр.

Саха тылыгар маннык саҥа чаастара баар:

  1. Аат тыл (сир, мас, кинигэ, оҕо).
  2. Даҕааһын аат (кыһыл, саҥа, эйэҕэс).
  3. Ахсаан аат (биэс, онус).
  4. Солбуйар аат (мин, ити, хас).
  5. Туохтуур: тус туохтуур, аат туохтуур, сыһыат туохтуур (бар, барар, бараары).
  6. Сыһыат (түргэнник, сотору, олус).
  7. Эбиискэ (дуо, дуу, эрэ).
  8. Дьөһүөл (курдук, устун, тухары).
  9. Сыһыан тыл (ама, арааһа).
  10. Ситим тыл (уонна, оттон).
  11. Саҥа аллайыы (тыый, ычча).

Туһаныллыбыт сир

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0