1830
Сыллар |
---|
1826 1827 1828 1829 — 1830 — 1831 1832 1833 1834 |
Уоннуу сыллар |
1800-с 1810-с 1820-с — 1830-с — 1840-с 1850-с 1860-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
Туох буолбута
уларыт- Олунньу 3 — Арассыыйа, Британия, Франция бэрэстэбиитэллэрэ Лондонскай боротокуолга илии баттыыллар, бу дөкүмүөн Грецияны тутулуга суох конституционнай монархия оҥорор. Бу иннинэ хас да үйэ тухары Греция туурак султаанын бас билиитигэр этэ.
- Ыам ыйын 28 — Индеецтэри көһөрүү туһунан сокуоҥҥа АХШ бэрэсидьиэнэ Эндрю Джексон илии баттаабыт, бу сокуонунан төрүт олохтоохтору сирдэриттэн матарбыттара уонна күүс өттүнэн атын сирдэргэ көһөрбүттэрэ.
- Бэс ыйын 3 — Севастополь куоратыгар холера эпидемиятыттан сылтаан олохтоммут карантины утаран улахан буун буолбут, карантин көтүрүллүбүт. Ол эрээри 5 хонугунан бу куоракка аармыйа кэлэн бэрээдэги төттөрү олохтообут. Маннык бууннар Арассыыйа атын да куораттарыгар буолуталаабыттар.
- От ыйын 15 (урукку ааҕыынан 3) — Сэттэ улуус мунньаҕа буолбут — сахалар бастакы бөдөҥ мунньахтара. Нэһилиэктэртэн талыллыбыт 482 киһи кыттыбыта. Мунньахха Ирдэбил (Свод требований) оҥоһуллубута. Импэрээтэр Николай I кытта көрсүһэр депутация таллылыбыта (Г. Старостин, Н. Рыкунов уонна тылбаасчытынан Киллэм нэһилиэгин ыстаарыһата Е. Татаринов)[1].
Төрөөбүттэр
уларыт- Михайлов Михаил Прокопьевич — Мэкчиргэ Уола Бэһэлэйдээх Мэхээлэ (1830 - 1915), улуу олоҥхоһут.
Өлбүттэр
уларытБыһаарыылар
уларыт- ↑ О.Г. Сидоров От Алексея Кулаковского до Николая Лугинова. Штрихи к истории якутской культуры. — Якутск: Бичик, 2011. — С. 45. — 200 с. — 1300 экз. — ISBN 978-5-7696-3795-7